– Сааһым уон аҕыһым… 1904 сыллаахха төрөөбүтүм… – кыыс бэйэтин уларыйбыт, кэһиэҕирбит куолаһын, атын киһи саҥатын истэрдии, дьиктиргии иһиттэ. Күөмэйэ бүтэйэ оһон хаалбыкка, онон дорҕоон түөһүттэн нэһиилэ кыбыллан тахсарга дылы. – Тыа оскуолатын бүтэрбитим… дойдубар. Уонна техникумҥа киирбитим… Билигин бу үөрэнэ сылдьабын… Иккис курска…
Уонна, тугу эбии этиэҕин булбакка, хоҥкуйан турда.
– Бүттүҥ дуо? – бэрэссэдээтэл ыйытта.
– Бүтэн…
– Төрдүгүн кэпсээ. Аҕаҥ кимий? Ийэҥ кимий? – ячейка сэкэрэтээрэ Арбаҕааһап, быһыта баттаталаан эрэрдии, саҥарда. – Ханна баалларый? Тугу гыналлар?
– Аҕам, ийэм дойдуларыгар олороллор…
– Баайдар дуо? – ким эрэ быһа түһэн ыйытта.
– Баайдар…
Ити тыл толору уулаах хоруу буомун эмискэ төлө баттаабыт кэриэтэ буолла. Тоҥуйдук ньимийэн олорбут кылаас ол-бу өттүттэн харса-хабыра суох ыйытыылар кутуллан бардылар:
– Хамначчыттаахтар дуо?
– Хамначчыттаахтар этэ…
– Аҕаҥ кинээстээбитэ дуо?
– Кинээстээбит үһү…
– Убайыҥ ханнаный?
– Быһаас Артемьевка холбоспут үһү…
– Үрүҥ бандьыыкка дуо?
– Бандьыыкка…
– Ону тоҕо кистиигиний?
– Кистээбэппин…
– Ыйыттахха нэһиилэ этэр уонна “кистээбэт” үһү!
– Хомсомуолга албыннаан киирээри гынаҕын дуо?
– Табаарыстар, – диэбитинэн Чыычаахап, бэрэссэдээтэл тыл биэрэрин тулуйан кэтэспэккэ, ойон турда. – Аргыылаба төрдүн кистээн эрэр дуо? Кистээбэт. Кини ким-туох аҕалааҕын-ийэлээҕин биһиги бары билэбит эбээт. Дьэ уонна хайдах кистиэҕэй?
– Билбэппит буоллар, кистиэ этэ дуу?
– Кистиир кыаҕа суоҕуттан этэр дуо?
– Кыһалҕаттан дуо?
– Ол син биир кистээбит тэҥэ!
– Эһиги миигин сыыһа өйдүүгүт. Аргыылаба төрдүн кистиир санаата суох диэн этэбин мин, – Томмот быһаара сатаата. – Онон кинини хомсомуолга албыннаан киирэ сатыыр диэн этэр сыыһа.
– Албакаат көһүннэ дии! – эҕэлээх куолас тыл кыбытта.
– Мин “албакаат” буолбатахпын. Мэктиэлээччи киһибин. Мин санаабар…
– Эн, онон-манан тумуннарбакка, быһаччы эт, – кылаас ортотуттан хара бараан модороон сирэйдээх уол паартатын лаҥкынаппытынан сулбу ыстанан турда. – Аргыылаба аҕата баай, тойон дуу, суох дуу? Сэбиэскэй былаас хаан өстөөҕө дуу, суох дуу?
– Аргыылап – баай, тойон, кинээс. Сэбиэскэй былаас өстөөҕө. Мин ону мөккүһэн эрэбин дуо?..
– Барахсан хата ону мэлдьэспэт эбит дии! – били эҕэлээх куолас эмиэ быһа түстэ.
– Эн миигин “барахсаннаама!” Миигинэн тииһиҥ кирин ыраастаныма! – Чыычаахап кыыһыран иһэн туттунна, тохтоон кылаас иһин эргиччи көрөн кэбистэ. – Табаарыстар, тоҕо биһиги наар Аргыылап туһунан айдаарабыт? Биһиги бүгүн комсомолга Аргыылап баайы ылар буолбатахпыт эбээт.
– Эн, арааһа, Аргыылап баайы да комсомолга ылыа эбиккин!
– Биһиги бүгүн Аргыылаба Кыыча туһунан кэпсэтиэхтээхпит, – Томмот, репликаҕа хардарбакка, салгыы саҥарда. – Кини сайабылыанньатын дьүүллэһэбит…
– Аргыылап баай кыыһын сайабылыанньатын! Ону умнума!
– Умнубаппын. Ол эрээри Кыыча Аргыылаба кимий? Кини биһигини кытта бииргэ сэбиэскэй техникумҥа үөрэнэр студентка. Кини аҕатыттан-ийэтиттэн төрөөбүт эрэ буруйдаах. Кыыча букатын аныгылыы, сэбиэскэйдии өйдөөх-санаалаах кыыс. Политическай сайдыылаах. Үчүгэйдик үөрэнэр. Өссө үксүбүтүн сабырыйар диэххэ сөп. Общественнай үлэҕэ актыыбынайдык кыттар. Ону ким да мэлдьэһиэ суоҕа…
– Оччоҕо кылаассабай сыһыан диэн наадата суох дуу?
– “Баайдар оҕолоро, баһаалыста, кэлэн киириҥ” диэн буоллаҕа дии!..
– Мин итинник эппэппин. Ол гынан баран…
– Чэ сөп. Чыычаахап, олор, санааҕын сөбүн эттиҥ. Өйдөөтүбүт, – бэрэссэдээтэллээччи Томмоту тохтотон кэбистэ. – Өссө ким тыл этэр?
– Миэхэ ыйытыы баар, – кылаас аанын диэкиттэн хатан чаҥкынас саҥа чаҕаарыйда.
– Ыйыт, Томтооһоп.
Чаҥкынас саҥа иччитэ, киччэччи кыргыллыбыт төп-төкүнүк төбөлөөх, намыһах лыксыгыр уол, туран бирээдьинэ курдаах ыстаанын өрүтэ тардынна.
– Аргыылаба, эн аҕалаах ийэҕин, убайгын эмиэ контралар диэтилэр. Ону эн бэйэҥ эмиэ мэлдьэспэккин. Оттон контралары биһиги хайыах тустаахпытый? – уол тыастаахтык өрө сыҥсыйан кэбистэ. – Биһиги кинилэри сир сирэйиттэн имири сотуох тустаахпыт. Бука барыларын! Биири да ордорбокко!
– Саамай сөп!
– Чахчы!
– Аргыылаба, арай эйигин контра аҕаҕын ыт диэтиннэр, – Томтооһоп иннин диэки нөрүс гынна. – Оччоҕо хайыаҥ этэй?
– Билбэппин… – Кыыча, хараҕын муостаттан араарбакка туран, ботугураата.
– Сөөп. Оттон ийэҕин? Арай ийэҕин ыт диэтиннэр?
– Суох! – кыыс күүскэ илгистэн кэбистэ. – Суох!
– Сө-өп! – уол эмиэ ыстаанын өрө тардынна. – Миэхэ дьэҥкэ. Бүттүм.
Чочумча кылаас иһигэр эмиэ уу чуумпу буолан ылла.
– Уонна ыйытыы баар дуо? – диэтэ бэрэссэдээтэллээччи, олорбохтуу түһэн баран. – Суох? Оччоҕо ким тыл этэр?
– Мин ситэри этиим эрэ… – Чыычаахап эмиэ турда. – Эһиги, бука баһаалыста, Аргыылаба Кыыча туһунан дьүүллэһиҥ. Кини аҕатын туһа туспа…
– Биһиги да кини туһунан буолбакка, ким туһунан дьүүллэһэбитий? – сөбүлээбэтэх саҥа иһилиннэ. – Эн тускунан дуо? Эн тускунан да дьүүллэһиэххэ баара.
– Манна ити Томтооһоп “аҕаҕын ытыаҥ этэ дуо?”, “ийэҕин ытыаҥ этэ дуо?” диэн ыйытыыта, мин санаабар, олус… туох…
– Сыыһа дуо?
– Олус… туох… быһаччы… дуу… – Чыычаахап, сөптөөх тылы булбакка, мух-мах буолла.
– Ол аата сыыһа ыйыттаҕа дии? – диэн ыйыппытынан Томмоттуун кэккэлэһэ олорбут, үгүстүк сууйуллан туртайбыт эргэ гимнастерканы кэтит санныгар тиирэ кэппит, модьу-таҕа көрүҥнээх уол, Филипп Лопатин, хаппаҕы арыйарын умнан, паартатын өрө көтөхпүтүнэн ойон турда. – Оттон, мин санаабар, олус сөптөөх ыйытыы. Уот харахха түбэһэр ыйытыы. Билиҥҥи тыҥааһыннаах кэмҥэ итинник быһаччы эрэ ыйытыллыах тустаах. Уонна онуоха туох да эгилитэ-бугулута суох эмиэ быһаччы эппиэт бэриллиэхтээх. Онтон атын буолуон сатаммат. Ону биһигиттэн быһыы-майгы модьуйар. Бэйэҕит да санаан көрүҥ: өрөспүүбүлүкэбитигэр күчүмэҕэй күннэр кэлэн эрэллэр. Бэппэлээйэп кыньараал үрүҥ сэриилэрэ илинтэн ааҥнаан иһэллэр. Аны аҕыйах хонугунан биһиги илиибитигэр саа тутан кыргыһа барарбыт кэлиэҕэ. Бэйэм чааһым хайыы-үйэ сайабылыанньа биэрэн турабын. Ити барыта кистэл буолбатах. Бары билэр суолбут. Дьэ маннык кытаанах кэмҥэ “сэбиэскэй былаас өстөөҕүн ытыаҥ дуо?” диэн ыйытар тоҕо сатаныа суоҕун сөбүй? Итиэннэ өстөөхтөр биһиги хаарыаннаах дьоммут хааннарын халыта турар кэмнэригэр “мин контраны ытыам суоҕа” дии турар киһини хайдах хомсомуолга ылыахха сөбүй? Мин санаабар, бу Аргыылабаны хомсомуолга ылыахха дуу, суох дуу диэн дьүүллэһиигэ мөккүөр баар буолуон да сатаммат. Хамначчыттар, дьадаҥылар хара көлөһүннэрин супту уулаабыт баай-тойон ыаматын, бандьыыт балтын хомсомуолга саа тэбиитин саҕа да сиргэ адьас чугаһатыа суохтаахпыт. Букатын!.. Оттон бу Чыычаахабы баай кыыһыгар өйүн сүүйтэрбитин, кылаассабай сэргэҕин сүтэрбитин иһин кытаанах эппиэккэ тардарга этэбин!
Лопатин сутуругунан далайан салгыны туора соппутунан “лах” гына олордо.
Кылаас иһэ, ыҥырыа уйатыныы, күйгүөрэ түстэ:
– Саамай сөп!
– Билиип уот харахха эттэ!
– Үгүс кэпсэтии наадата суох!
– Куоластыаҕыҥ!
– Табаарыстар, кыратык истэ түһүҥ…
Чыычаахап тугу эрэ быһаараары гыммытын ситэ саҥардыбатылар:
– Истибиппит! Түксү!..
– Куоластыаҕыҥ! Бэрэссэдээтэл!..
– Куоластыаххыт иннинэ, оҕолоор, – Чыычаахап куолаһыгар көрдөһөр, ааттаһар быһыы билиннэ. – Оҕолоор…
– Манна оҕолор суохтар! Манна хомсомуолустар!
– Баай кыыһын албакаата!
– Түксү! Олор!
– Бэрэссэдээтэл, мунньаххын салай!
– Куоластыыбыт! – бэрэссэдээтэллээччи күйгүөнү саба ордоотоото. – Аргыылаба Кыычаны хомсомуол чилиэнигэр хандьыдаатынан ылыахха диэччилэр илиигитин уунуҥ.
Им-ньим буолла: биир да илии ибир гыммата. Бэл Чыычаахап, олорорун, куоластыырын умнан, дөйбүт курдук, хамсаабакка хоройон турда.
– Суох, – бэрэссэдээтэллээччи саҥата иһилиннэ.
– Ба…ар! – Чыычаахап илиитин ууммутунан олоҕор төттөрү түстэ.
– Биир куолас. Аны Аргыылабаны ылымыахха диэччилэр илиигитин уунуҥ.
Чыычаахап хараҕын кырыытынан тула илиилэр адаарыспыттарын көрдө.
– Түһэриҥ. Туттуммут? Суох. Биир киһиттэн уратылар бары утары куоластаатылар. Онон Аргыылаба сайабылыанньатын аккаастыыбыт.
Чыычаахап, умса туттан олорон, сүүһүн аннынан уоран Кыычаны кылап гына көрдө. Кыыс остуол аттыгар маарыҥҥытыныы муостаны одуулаан хамнаабакка турар. Уларыйбыта диэн арай туох эрэ көстүбэт ыарахан сүгэһэргэ баттатан арыый көхсө нүксүйбүккэ, намтаабыкка дылы буолбут.
Томмот сулбу ойон туран кыыска тиийэн туох эрэ диэн уоскутары, чэпчэтэри, көмөлөһөрү этиэн баҕарда да, турара кэлси дуо, паартатыгар умса түһэн олордо. Кыыча сөпкө сэрэйбит эбит. Аккаастыахтара диэн этэ сатаабыта ээ. Ону кини дэлби хаайан сайабылыанньа бэрдэртэрбитэ. Техникумҥа учууталлар да, оҕолор да Кыычаны сирбэт этилэр. Өссө сөбүлүүллэрэ диэххэ сөп. Үөрэҕэр үгүстэргэ холобур буолара. Кини кимиэхэ баҕарар хаһан баҕарар туох кыайарынан, сатыырынан барытынан үөрүүнэн көмөлөһөрө. Барыларын доҕордоро, дьүөгэлэрэ этэ. Онон Томмот төһө да баай аҕалааҕын-ийэлээҕин иһин кыыһы комсомолга ылыахтара дии саныыра. Төрөппүттэргиттэн арах диэн модьуйуохтарын сөп этэ. Ол туһа туспа. Бу курдук хабырдык аккаастыылларын, суох, Томмот маны күүппэтэҕэ.
Чыычаахап табаарыстарыныын урут биир да боппуруоска маннык улаханнык арахсыһа илигэ. Кинилэр мэлдьитин биирдик саныыр, биирдик өйдүүр этилэр. Билигин бу тула олорор доҕотторо бары киниттэн ыраатан хаалбыкка дылылар. Кинини атыҥыраабыт, тоҥуй харахтарынан кэлэйбиттии көрөллөр. Кинилэр иккэрдилэригэр дириҥ аппа үөскээбит курдук. Кыычаны комсомол кэккэтигэр тарда сатаан, кинини көмүскэһэн, Томмот сыыста, доҕотторун, комсомол ячейкатын иннигэр улахан алҕаһы оҥордо буолуо дуо? Кини, табаарыстара этэллэрин курдук, баай кыыһыгар өйүн сүүйтэрдэ дуо? Суох, суох, суох! Кырдьык, кырдьаҕас Аргыылаптар – контралар, өстөөхтөр. Уол Аргыылап эмиэ контра, бандьыыт, өстөөх. Кинилэри сир сирэйиттэн имири сотуохха наада диир сөп. Кинилэри бу олорор оҕолор – баай батталын эттэринэн-хааннарынан билэн улааппыт, үйэлэрин тухары үптээхтэргэ өһү-сааһы иҥэриммит дьадаҥылар оҕолоро – абааһы көрөллөрө эмиэ саамай сөп. Оттон Кыычаны? Кыычаны туох иһин абааһы көрөллөр? Тоҕо кинини, бэйэҕэ тардыбакка, өстөөхтөрбүт диэки үтэйэллэр?..
– Аргыылаба, таҕыс. Хомсомуол мунньаҕар хомсомуол чилиэннэрэ, хандьыдааттара эрэ сылдьар бырааптаахтар, – диэтэ бэрэссэдээтэллээччи, кыыс диэки көрбөккө эрэ, кылаас иһин диэки хайыһан олорон.
Кыыча көхсө эбии нүксүйдэ, төбөтө өссө аллара түстэ.
– Аргыылаба, күүтэбит. Түргэнник, – сэкэрэтээр Арбаҕааһап тиэтэйэн быһыта баттаата.
Кыыча, чыпчаххайынан быһа бэрдэрбиттии, ходьох гынна. “Туох-ханнык буолла?” – диэн өйдүү сатаабыттыы, кылаас иһин эргиччи көрдө. Онтон биллэ-биллибэт уобуллаҕастаах сэҥийэтин өрө аста. Ол курдук, үрдүк моойдоох төбөтүн хантаччы соҕус быраҕан, имигэс сиһин кыратык да хамнаппакка көбүс-көнөтүк туттан, паартатыгар кэлэн суумкатын харбаан ылла уонна маҥан таба тыһа этэрбэһэ кылбаҥныы дугулдьуйан тахсан барда.
– Кынталдьыйан, кинээс кыыһа диэх курдук! – кэннигэр хатыылаах саҥа эҕэлии хаалла.
Кыыча олбуор таһыгар тахсан аҕыйахта хардыылаатын кытта кырса тыһа бэргэһэлээх төбөтө улам санньыйан барда. Кини күөмэйигэр субу үтэн кэлбит хаһыыны хаайан тииһин ыксары ыстаабытынан хараҥа уулусса тротуарынан иннин диэки сүүрдэ. Өр сүүрдэ. “Аны Томмот батыһан тахсыа. Аһыныа… Киниэхэ эрэ көстүбэтэх киһи…” – диэн этэ кини бастааҥҥы санаата. Техникумтан ыраатан баран муннук эргийиитигэр быһаҕас титирик соппулуокка быардыы түстэ уонна сирэйин сарыы үтүлүгүнэн саба туттан сытан тохтоло суох ытаата.
“Кинилэр тоҕо миигин киэр астылар? Тоҕо үүрдүлэр? Мин кинилэри кытта бииргэ үөрэнэбин, бииргэ сылдьабын, бииргэ үлэлэһэбин буолбат дуо? Кинилэрдиин бииргэ үөрсэбин, бииргэ хомойсобун буолбат дуо? Уонна тоҕо миигин итэҕэйбэттэр? Тоҕо миигин сыстыганнаах ыарыылаах кэриэтэ туора көрөллөр? Хара да өлүүгэ ыалдьыбыт киһини итинник туора анньаллара биллибэт, – диэн санаалар кыыс өйүгэр бучумахтастылар. – Оо, мин тоҕо Аргыылап баайтан төрөөбүт муҥмунуй? Тоҕо кини хамначчытыттан төрөөбөтөҕүм буолуой!..”
Кыыча өр ытаата. Кэнникинэн мунньахха этиллибит хас хатыылаах тылы санаан, аҕала-аҕала ытаата. Хараҕын уута бараныыта көхсө кэҥии быһыытыйда. Тымныы салгыны дириҥник эҕирийтэлээн, уһуутаталаата.
Киэһэ ырааппыт быһыылаах. Хара ылтаһын курдук халлааҥҥа аата-ахса биллибэт үгүс сулус чыпчылыҥнаһа бачымахтаспыт.
Кыыча сонугар хаар сыстыбытын тэбэннэ, үтүлүгүн тииҥ билэтинэн сирэйин-хараҕын сотунна. Ол турдаҕына тротуар чигдитигэр чэпчэки атахтар сыбдыгырастылар.
– …Онтон хайаатыгыт? Дьэ, дьэ, – кыыс саҥата тиэтэттэ. – Кэпсээриий!
– Онтон кини миигин уураан ылла. Субу самантан. Түөһүттэн анньыбыта буолабын уонна бэйэм аны биирдэ уураатар дии саныыбын, – диэтэ атын кыыс. – Уой!.. Киһи!..
Кыыча муннук кэтэҕэр сыста түстэ. Ол курдук кирийэн турда. “Дьоллоохтор, кинилэри ким да туора анньыбат. Хата бэйэлэрэ анньыбыта буолаллар…”
Кыыс муннугуттан тахсаары гынан эрдэҕинэ эмиэ атахтар хоочугурастылар.
– Кинилэр баҕас… – эр киһи саҥата тымныы салгыҥҥа хабырыйсардыы кыбдьыгыраата. – Хомсомуол буолан хончоҥноспуттара сөптөрө көстүө… Ыттар… кэрэдэхтэр… ситиһиллиэ…
– Ар… гыый… – дьахтар саҥата сибигинэйдэ.
Күлүктэр субу тиэтэйэ-саарайа барыгылдьыһан аастылар.
“Ыттар… кэрэдэхтэр… ситиһиллиэ…” Кыыча ити тыллар төһөлөөх үлүгэр кырыктаахтык, өһүөннээхтик этиллибиттэрин бэркиһээтэ. Ити саҥа иччитэ туохтан даҕаны иҥнэн турбата, тугу даҕаны кэрэйбэтэ чахчы. Бу киһи саҥа дорҕооннорун буолбакка, сүрдээх ынырык сүлүһүнү тарҕата сылдьарга айылаах… Ити сүлүһүн комсомоллары, ол иһигэр билигин техникум кылааһыгар хаалбыт оҕолору утары туһуланар ээ. Оо, алдьархайдаах да суол – киһи киһиэхэ итинник өстөнөрө, итинник өһүөннүрэрэ! Итинник өстөөххө эмиэ ситинник эрэ өһүрдэххинэ сатанар. Инньэ гымматаххына, кини эйигин ас оҥорууһук дуо?.. Комсомолец уолаттар тыллара-өстөрө мааҕын Кыыча истэригэр олус да дьэбир, хабыр этэ. Ол эрээри ити билигин истибитигэр холоотоҕуна, букатын атын, букатын сымна эбит…
Дьиэтин диэки хааман иһэн, уһуну-киэҥи эргитэ санаан, Кыыча улам уоскуйан барда. Кырдьыга, кини маннык буолуоҕа диэн уруккуттан дьиксинэрэ. Санаан да көрдөххө, Аргыылап баай кыыһын кинилэр тоҕо ытыстарын үрдүгэр түһэрэн ылыахтаахтар этэй? Үөрэҕэр үчүгэйин, үлэттэн аккаастамматын иһин дуо? Улахан эбит. Этэллэригэр дылы, контралар эмиэ үчүгэйдик үөрэниэхтэрин сөп. Ол тугу да быһаарбат. Оттон үлэни ким барыта үлэлиир. Оччоҕо тоҕо кинини бүк итэҕэйиэхтээхтэрий? Ити биир киһи өһүөннээхтик кыбдьыгыраан ааста дии. Хоонньугар быһаҕы укта сылдьан, ити киһиҥ дьон көрөрүгэр кимнээҕэр минньигэстик мичээрдиирэ, кимнээҕэр революционнайдык араатардаан хаһыытыыра буолуо. “Кэбис, итэҕэйбэттэрэ, арааһа, сөп. Арай Чыычаахап миигин итэҕэйэр… Оо, Томмот, үтүө, көнө сүрэхтээх муҥнаах, эйигин доҕотторуҥ кэһэтэллэрэ буолуо ээ “баай кыыһыгар өйгүн сүүйтэрбитиҥ” иһин. Ол эрээри, Томмот, кэмсинимэ, мин эйигин хаһан да, хаһан да түһэн биэриэм суоҕа. Миигиттэн сылтаан эн сирэй-харах анньыллыаҥ суоҕа. Эн эрэлгин албынныам, эйигин хомотуом суоҕа. Оо, баһыыба, Томмот, итэҕэлиҥ иһин! Эн мин туспунан доҕотторуҥ билэллэриттэн ордугу билбэккин ээ уонна тоҕо итиччэ үлүгэр бигэтик, баар-суох доҕотторгун утары барар гына итэҕэйэриҥ бэрдэй! Хайдах төлүөхпүнүй мин эйиэхэ ити үтүөҕүн? Кэннибэр эн эрэлиҥ суоҕа буоллар, мин хайдах сатаан тыыннаах сылдьыам эбитэй? Оччоҕо бу түүн ордук хараҥа, ордук тымныы буолуох этэ. Оо, махтал!..”
Кыыча им балай тымныыга хааман иһэн ыстыык кырыытыныы сытыы, тымныы саҥаҕа кэтиллэ түстэ:
– Тохтоо! Кимҥиний? Докумуоҥҥун!..
Эраст Константинович Соболев били Валерий Аргыылап кэлэ сылдьыаҕыттан ыла олоҕо огдолуйда. Кини эҥин арааһы эргитэ санаан, аанньа утуйбакка, түүнү быһа оронугар кулуннуу мөхсөн баран сарсыныгар үлэтигэр нэһиилэ көҥдөй көхсө эрэ тиийэн олордо. Ол олордоҕуна күнүс сэкэрэтээр паапка тутуурдаах киирдэ.
– Табаарыс Соболев, личнэй дьыалаҥ анкетатыгар үрүҥ армияҕа сылдьыбыт кэмиҥ чуолкайдык ыйыллыбатах. Хаһааҥҥыттан хаһааҥҥа диэри этэй?
Эраст Константинович сулбуччу этэн биэрдэ. Кини итинтэн куттаммат. Кини автобиографиятыгар тугу да кистээбэккэ суруйбута: ыраахтааҕы армиятыгар, үрүҥ сэриитигэр, Колчакка сулууспалаабытын барытын. Онуоха киһи иҥниэҕэ, дьиктиргии саныаҕа суох буолуохтаах. Урут үрүҥнэргэ сылдьан баран билигин Кыһыл Армияҕа сулууспалыыр киһи кини эрэ үһү дуо? Үгүс. Кыһыл сэриигэ киирэн кыргыһыыларга аатырбыттар, Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыттар даҕаны элбэхтэр.
Бэл саамай үрдүкү байыаннай оргаҥҥа – республика реввоенсоветын састаабыгар ыраахтааҕы офицердара бааллар. Билигин үлэһит-бааһынай былааһа, Кыһыл Армияҕа чиэһинэйдик сулууспалыыр буоллаххына, уруккугунан сирэй-харах анньыбат. Соболевы куһаҕаннык үлэлиир диэн ким даҕаны этиэ суоҕа. Кини чиэһинэйдик сулууспалыыр. Итинник санаан, кини личнэй анкетатыгар итэҕэс дааталары бэрт дөбөҥнүк ситэри этитэлээтэ.
Дьэ онтон, доҕоор, аан сабыллаатын кытта Эраст Константинович санаата төттөрү бутуллан турбатах үһү дуо! Сэкэрэтээр баһыыбатыгар баһаалысталаан хардараары айаҕын атан баран, ол аппыта аппытынан олорон хаалла. Бэйи эрэ, тоҕо кини личнэй дьыалатын көтөхтүлэр бүгүн? Бэҕэһээ, иллэрээ күн буолбатах – бүгүн? Итинник санаа өйүгэр кылам гыммытыгар били Валерий Аргыылап ньолбуһах сирэйэ хараҕар көстө түстэ. Онуоха атаҕын уллуҥаҕыттан төбөтүн оройугар тиийэ этин сааһа бүтүннүү түрүтэ тардан барда… Бээ-бээ… Ити барыта мээнэ түбэһиэхчэ буолбатах быһыылаах. Оччоҕо бэҕэһээ киэһээҥҥи ыалдьыт уонна бүгүҥҥү личнэй дьыала паапката ситимнээхтэригэр тахсар. Оччоҕо… Бээ-бээ… Били азиат дьиикэй кэтэбилгэ сылдьар эбит буоллаҕа. Киниэхэ ыалдьыттаабытын батыһан кэлэн эмиэ көрдөхтөрө. Ол иһин ити личнэй дьыалатын сөргүтэн, бэрийэн эрдэхтэрэ. ЧК военкомҥа, военком секретарыгар эттэҕэ. Дьэ иэдээн… Баҕар, түбэлтэ буолаарай? Ээ?.. Акаары, чиччик киһилии айаҕын аллатан олорорун өйдөөн, Соболев тииһэ тииһигэр охсуллан лаһыргыар диэри сыҥаахтарын хам ыстаата. Хата хоско бииргэ үлэлиир киһитэ, военкомат хаһаайыстыбаннай чааһын начальнига Курбатов, кырдьа барбыт хаччаҕай киһи, көрбөтө: кумааҕытыгар умса түспүт. Суох, хайдах эмэ сибикилээн иккиттэн биирин биллэххэ табыллыыһык.
Эраст Константинович көрүдүөргэ таҕыста. “Личнэй дьыаланы тугу эрэ эбии суруйабын диэн төттөрү көрдөөн көрүөххэ дуу? Секретарь оччоҕо тугу эмэни тыл быктарыа дуо? Арай биэрдин, тугу эбии суруйабыный? Чэ туох эмэ көстөө ини: буоссата суоҕу эппитэ буолуллуо. Бэйи, ол эрээри личнэй дьыалатыгар тоҕо итиччэ үлүгэр наадыйда диэхтэрэ суоҕа дуо?..” Ити курдук саарбаҕалыы турдаҕына көрүдүөрүнэн военком, муннун анныгар чүөччэр курдук бытыгы ордоруммут үрдүк киһи, хааман баһыккалдьыйан иһэрэ көһүннэ. Эраст Константинович, суол биэрэн, истиэнэ диэки халбарыс гынан, чинэйдэ:
– Здравия желаю, товарищ военком!..
Военком кини диэки хайыһан да көрбөтө, эҕэрдэҕэ хардардаҕа буолан, уҥа илиитин бэргэһэтин диэки аатыгар эрэ садьыс гынна уонна уоһун иһигэр тугу эрэ ботугураан, дьүккүччү туттубутунан ааһа турда.
“Дьэ сити!.. Ол иһин… сэрэйбит сэрэх…”
О проекте
О подписке