Даша, чэ, хайыай, махтанан, баһыыбалаан кабинет-тан тахсан дьиэтин диэки эрчимнээх хаамыынан дьулуруйда. Соруйан гыммыт курдук, аара суолга киһи бөҕөтүн көрүстэ. Бары тохтоон ханна үлэлии бараары сылдьарын ыйыталаһаллар, ханнык фермаҕа үлэлии хаалар ордугун сүбэлээччилэр эмиэ бааллар. Арай ийэтин кытта үчүгэйдик бодоруһар Борускуой: «Эн доруобуйаҥ олох кыайбат үлэтэ, ыанньыксыттыы барыма, олус кыһарыйдахтарына ньирэйдэ көр. Туох абааһы сокуона үөскээн оҕолору хотоҥҥо тэпсэллэрэ буолла», – диэмэхтээн, мөҕүттэн ылла. Даша дэлби ыксаата, бэйэтин тугу эрэ кистээн, уоран иһэр саарбах киһинэн ааҕынна. «Илдьэн төттөрү биэрэн баран хол-кутук сылдьыбыт киһи баар ини?» диэн санаалар кытта элэҥнээн аастылар. Ийэлээх аҕата хомойон бүтэллэр, кыһыны быһа биллибэтинэн-көстүбэтинэн сыраласпыт дьыалалара буолуохтаах. Ийэтэ секретарь Маринаҕа, оскуолаҕа да элбэхтик тиэстибитин таайа эрэ саныыр.
Даша бу күннэргэ дьиэтин үрдүн, истиэнэтин суу-йан-сотон бүтэрдэ. Түннүк сабыыларын сайыҥҥыга уларыталаата. Дьонун санаатын иһинэн бэрийэн эрэ бардаҕына холкутук сылдьыахтааҕын билэр. Үөрэххэ киирэн хааллаҕына, баҕар, күһүн дьиэтигэр кыайан кэлиэ суоҕа дии. Тута күһүҥҥү үлэҕэ ыыталлар диэн истээччи.
Аргыый таҥаһын-сабын хомунуон наада. Аҕыйах хонугунан айанныыллар ээ. Ольга оройуон киинигэр олорор эдьиийэ билиэттэрин ылыахтаах. Бүгүн ийэтэ, аҕата да эбиэттии кэлбэттэр. Ийэтигэр почта мун-ньуллубут, бу күннэргэ, ардахтаан самолет хас да күн кэлбэтэ. Аҕата барахсан, кыыһын тэрийэн ыытаары, дьоҥҥо мас эрбэтэн холтууралыы сылдьар. Онон бү-гүн Даша бэйэтигэр ойор күннээх оҕо саастыын бы-растыылаһыы күнүн анаан сылдьар. Туох да кыһалҕата суох ааспыт, ийэлээх аҕа итии тапталларынан угуттам-мыт оҕо саас дьоллоох күннэрин туоһулара хомуот аллараа дьааһыгар кичэллээхтик уурулла сылдьаллар. Дьиҥинэн бу хас да пачкаҕа холбуу тутуллан сылдьар хампыат сууларын, баһаам элбэх таҥастаах-саптаах кумааҕы куукулаларын, киинэ артистарын открытка-ларын бэрийэн көрбөтөҕө да ыраатта. Даша хампыат суулаах пачкалары муннугар даҕайбытыгар эриэккэс минньигэс сыт саба биэрдэ. Аргыый холбуу баайыл-лыбыт эрэһиинэтин устан, остуолга тэниппитэ эҥин араас ойуулаах-бичиктээх хампыат суулара ыһылла түстүлэр. Саамай тапталлаах «Белочката», «Буревес-тник», «Мишка косолапый», «Красная шапочка»… Ба-рылара араас түгэни кытта сибээстээххэ дылылар. Ол эрээри тоҕо эрэ ордук Саҥа Дьыл күлүмүрдэс күн-нэрин санаталлар, детсадын умсулҕаннаах утренник-тарын дьикти тыынынан илгийэллэр. Оттон бу кумааҕы куукулалар Дашаҕа өссө күндүлэр. «Мур-зилка» сурунаалыттан кырыммыт куукулалара олус кыраһыабайдар, Ольгатын кытта бэйэлэрэ да айбыт кыргыттара бииртэн биир кэрэлэр. Өргө да диэри кумааҕы куукулаларынан оонньообуттара, дьиэ-уот тутан, эмиэ кумааҕынан кырыйан таҥас-сап бөҕө-түнэн киэргэтэн астынар да этилэр. Атын дьүөгэлэ-ригэр пластмассовай, дьиҥнээх оонньуур куукулалар баар буолбуттарыгар ымсыырбыттара даҕаны. Оннук куукулалаах сорох дьүөгэлэрэ тыыттарбаттар да этэ, ыҥыран ылан баран ыраахтан көрдөрөллөрө. Даша дьиҥнээх куукуланы кууһан, аҕыйах да күн буоллар астына оонньоон ылбыттаах. Биирдэ аҕата үлэ бас-тыҥнарын мунньаҕар Дьокуускайдыыр чиэскэ тикси-битэ, дьэ онтон кыыһыгар куукулалаах кэлбитэ. Даша аҕыйах күн омуннаахтык оонньуу түһэн баран, ымсыырара бэрдин иһин Олятыгар уларсыбыта. Ону баара кыыһа ийэтин кытта маҕаһыыҥҥа бурдук атыылаһаары салааскаланан тойдонон барсан баран, тапталлаах «Настенькаларын» таһырдьа салааскаҕа умнан киирбитин, көрүөх бэтэрээ өттүгэр илдьэ баран хаалбыттар этэ. Даша онно хомойбутуон, мэктиэтигэр аанньа аһаабат буолбута. Аһыйбыта даҕаны. Билигин санаан сонньуйар. Хайыахтарай, Олятыгар кыратык куттуу, буугунуу түһэн баран, эмиэ уруккуларын кур-дук, кумааҕы куукулаларынан иллээх-эйэлээхтик оон-ньоон букунаһан барбыттара. Даша бу хаһаайысты-батын таһынааҕы ыалларын кыыстарыгар Ирочкаҕа бэлэхтиир санаалаах. Эмиэ хампыат суута мунньа са-тыырын, открыткаларга наһаа ымсыырарын сотору-тааҕыта билбитэ. Ийэтэ Роза үнүр кэпсээн эрэрэ, Ирочка кумааҕы куукула оҥосто сатыы-сатыы, онто сатамматыттан хомойон ытыыр үһү. Дьэ, үөрүө буол-лаҕа, эмискэ байа-тайа түһэриттэн. Дашаҕа ийэтин дьүөгэтэ Маайа соҕуруу курортан кэһиилэнэн кэлбит соломоттон оҥоһуллубут кыра корзината сылдьар. Бу дойдуга суох мааны иһит. Ыһыахха кыбына сырыт-таҕына үөлээннээх кыргыттара ымсыыран харахтара араҕааччыта суох. Даша Ирочкаҕа бэлэхтиирин бары-тын корзинаҕа сааһылаата. Таһырдьа тахсан ыалын тэлгэһэлэрин диэки көрбүтэ, оруобуна Роза сууйбут таҥаһын ыйыы сылдьар.
– Роза-а, дорообо! Ирочкаҥ ханнаный? – Даша үгэһинэн күүлэтин боруогар олорунан кэбистэ.
– Ол кыыс ханна эрэ сэлиэнньэ түгэҕин булла ини. Сөтүөлээри көҥүллэппитэ, күөлгэ бардылар дуу. Тоҕо ыйыттыҥ?
– Наадалаахпын, Ирочкаҕа. Кэллэҕинэ миэхэ ыытаар.
– Ол хотунуҥ эбиэтин көтүппэт. Кэлэн ааһыаҕа, этиэҕим. Хайа, хаһан Дьокуускайдаатыҥ? – Роза таҥаһын ыйаан бүтэн быар куустан туран кэпсэтэрдии сананна.
– Сотору барабын. Сололоох эрэ буолларгын, дьом-мор киирэ тураар эрэ. Ким да билсибэтэҕинэ, ийэм наһаа санааргыыр. Ыалдьыттаах ыал үчүгэй диэн тыллаах. Уой, эн тиэргэниҥ сибэккилэрэ үчүгэйдэрэ бэрт ээ, ситэн ырааппыттар дии. Ол оруосабай өҥнөөх нарын да нарын сибэкки биһиэхэ тоҕо эрэ суох ээ. Күн-дьыл ырааппыт дии, оҕолор сөтүөлээн эрэллэр эбит дуу, – Даша, быйылгы сайын түбүктэригэр үтү-рүйтэрэн, сөтүө кэмэ саҕаламмытын билбэтэҕиттэн соһуйда.
– Эбиэт буолбут, ас сылыттыахха сатаныыһы, – Роза дьиэтин диэки хаамта.
Даша эмиэ, ас бэлэмнээн эбиэттии түһэн баран, таҥас суунардыы тэриннэ. Куйаас күн буолбут, таҥас куурдарга ааттаах эбит. Киһи салгыах курдук ардахтаан да биэрдэ. Сууйар таҥастарын бэлэмнээн саҕалыах курдук сырыттаҕына, аҕылаабыт-мэҥилээбит Ирочка сүүрэн элэгэлдьийэн кэллэ. Күн уота харааччы сиэ-бит, харахтара эрэ оҕолуу тиэхэлээх уоттарынан чаҕы-лыҥнаһаллар.
– Даш-о, миигин ыҥырбытыҥ дуо? – Ирочка ыксыыр быһыылаах, биир сиргэ таба турбакка тэйиэккэлиир.
– Даа, кырасаабысса, ыҥырбытым. Эн манна күүт эрэ, билигин кэлиэм, – Даша дьиэтигэр киирэн корзинатын таһааран кыысчааҥҥа уунна.
– Бу тугуй? Кимиэнэй? – Ирочка соһуччу киниэхэ тиксибит корзинатын хайа да өттүттэн тутуон билбэккэ эргичиҥнэттэ.
– Ирочка, эдьиий Дашаҥ улахан киһи буолла, оскуоланы бүтэрдэ. Сотору ыраах Дьокуускайга бара-бын. Бу эйиэхэ куукулалары, хампыат сууларын, от-крыткалары бэлэхтиибин.
– Миэхэ?! Куукулалар, открытка-а! – Ирочка ба-рахсан үөрүүтүттэн хайдах да буолуон билбэтэ, кыраһыабай корзина толору симиллибит барыта киниэнэ буолбутун итэҕэйбэтэхтии тэпсэҥнии түһэн баран, хата өй булан, «баһыыба» диэн тылын ыһык-таат, дьиэтин диэки дьиэрэҥкэйдээн хаалла.
Даша аны хаһан да эргиллибэт оҕо сааһа Ирочка сибэкки ойуулаах сиидэс былаачыйата тэлээрэ турбутун кытта ыраах-ыраах барбытын саҥата суох сайыспыттыы көрөн хаалла…
Лилия уһуктуон наһаа баҕарар да, утуйар барахсан мип-минньигэс абылаҥа баһыйан кыайан турбакка өөр-өр сытта. Остуол чаһыытын хараҕын кырыытынан көрбүтэ, таайбыт курдук, бириэмэ ырааппыт. Дьиэ иһэ-таһа толору киһи быһыылаах, кэпсэтии-ипсэтии, күлсүү-салсыы ырааппыта иһиллэр. Оскуоланы бүтэ-рии банкета бүгүн дьиэлэригэр салҕанар. Ийэтин идеята. Халлаан куйаас, ардаҕа суох буолан быраа-һынньык остуолун таһырдьа тэлгэһэҕэ тарда сылдьал-лар. Бурдук ас бөҕө буспут, собо ыһаарыламмыт бы-һыылаах. Кини ийэтэ бырааһынньыктары дьэ кыайа тутан оҥорор. Тэрээһинин кыайар диэххэ наада, дьүө-гэлэрэ, көннөрү билсэр да дьахталлара былдьасыһа-былдьасыһа көмөлөһөргө дылылар. Тоҕо олус улгумнук кэлэллэрин Лилия билээхтиир – ийэтэ олохтоох раб-коопка товароведынан үлэлиир. Биирдэ эмэтэ табаар кэллэҕинэ универмаг уҥуох тостор унньуктаах уһун уочаратыгар, күҥҥүн бараан да турбутуҥ иһин, туга да суох хаалыахха сөп. Лилия ийэтигэр Валентина Доро-феевнаҕа сатаан сыһыаннаһааччылар сөп-сөп араас дефициккэ эрэйэ суох тиксэллэр.
Лилия уһугуннар-уһуктан дьэ сэргэхсийэн турарга сананна. Бэҕэһээ киэһэ уоран дьүөгэлэрин кытта шам-панскай испиттэрэ төбөтө дэлби ыалдьыбыт эбит. Оскуолаҕа, саараан-саараан баран, арыгыта суох ос-туол тэрийбиттэрэ, онон Лилия, ийэтин хаһааһын билэр буолан, хас да шампанскайы «күрэппитэ». Бүгүн билэн айманар буолуохтаах. Тугу таҥнарын толкуйдаан эрдэҕинэ, ийэтэ киирэн кэллэ. Дьэ киэргэммит, баар суох көмүһүн бары иилиммит, саҥа ылбыт розовай көстүүмүн кэппит.
– Чэ, Лилька, тур эрэ. Ыалдьыттар кэлбиттэрэ ыраатта. Остуолга олоруохха, – ийэтэ кыыһын атты-гар кэлэн ороҥҥо олордо.
– Маама, эмиэ наһаа элбэх киһини ыҥырбыккын быһыылаах. Киһи дэлби сылайан сырыттаҕына, – Лилия, атаахтыан санаан кэлэн, оронугар сытынан кэбистэ.
– Чэ, чэ, тулуй биир киэһэни. Бары наадалаах дьон. Ханна үлэлии бараргын ыйыталастахтарына «Кырдал» ферматыгар барабын диэн ис.
– Онтон биир үтүө сарсыарда күрээн хаалабын дуу? – Лилия ийэтигэр сыһынна.
– Күрээминэ, соҕотох кыыспын хотоҥҥо умса анньан биэриэ суохпун. Кимиэхэ да дакылааттаабакка куораттаан хааллыҥ да бүттэ. Направлениеҥ райко-молга бэлэм сытарын билэҕин буолбат дуо, – дии-дии Валентина Дорофеевна ойон туран сиэркилэ иннигэр эргичиҥнээтэ.
– Тугу кэтэбиний? – Лилия бүгүҥҥү бырааһын-ньыкка хайдах таҥнарын быһаарына сатыы олордо.
– Хаартыскаҕа түһүөхпүт, бальнай былааччыйа-ҕын кэт.
– Эс, сыбаайбалаан эрэр киһиэхэ дылы маҥан таҥаһынан олоробун дуо.
– Олорумуна. Былааччыйаҥ барыларыттан кыра-һыабай этэ. Бэҕэһээ маамаҥ киэн туттан бөҕө. Уолат-тар бары эйигин одуулаһаллар быһыылааҕа.
– Ол миэхэ наада диигин дуо? Ити сыыҥтарын соһо сылдьар дьону этэҕин дуо? Куораттан булуом, уол оҕо талыытын, – Лилия былааччыйатын кэтэ-кэтэ күлэн сатарытта.
– Чэ, аргыый, улаханнык саҥарыма. Ыйааҕыҥ би-лиэ, ким кэргэнэ буоларгын, – Валентина Дорофеев-на үөһэ тыынан ылла.
– Маама, эн ыалдьыттаргар бар. Мин сирэйбин-харахпын көннөрүнэ түһэн баран тахсыам, – Лилия туалетнай остуолугар олорон хаалла.
Сотору дьиэ иһигэр уу чуумпу буола түстэ. Ийэтэ тахсан дьаһайда быһыылаах. Лилия тахсыбыта тэлгэ-һэҕэ тардыллыбыт остуолга бары орун-оннуларын булан олорбуттар. Биллэн турар, киһи үөйбэтэх-ахты-батах дьоно бары бааллар. Олохтоох сэбиэт председа-телэ Тарас Данилович кэргэнинээн, совхоз парткома Дмитрий Егорович эмиэ кэргэнинээн, олохтоох врач Елена Викторовналыын иҥин… Кулууп директора Алла Афанасьевна биэчэри иилээн-саҕалаан ыытта. Дьон бары тура-тура Валентина Дорофеевна маанылаан улаатыннарбыт, кэрэ сибэкки аатын биэрбит Лилията, кырдьык да хайдахтаах кыраһыабай кыыс буола улааппытын, оҕо эрдэҕиттэн олохтоох кулууп киэргэлэ буолбут үҥкүүһүт кыыс культура үлэһитин идэтин талара саамай сөптөөҕүн туһунан эттилэр. Ким да «оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн девиз тыл-ларын ахтыбата. Бары таайан, билэн олордохторо эбээт, Валентина Дорофеевна туох иһин кыыһын фермаҕа ыыппатын.
– Күндү табаарыстар, мин аҕыйах тылы эмиэ этиэхпин баҕарабын. Алла Афанасьевна мин баарыаҥ-ҥыттан илиибин ууна сатыырбын ончу көрбөт курдук туттар, – дии-дии универмаг сэбиэдиссэйэ Христина Григорьевна, уһун күөкэгэр моонньун үөрүйэх бэйэ-лээхтик хамсатан, туран кэллэ.
– Баһаалыста, Христина Григорьевна. Үөрүүнэн истэбит, – тамада көҥүллүүр саҥата иһилиннэ.
– Биһиги универмаг дьоҕус коллектива оҕобутугар кыра бэлэхтээхпит. Лилиябыт аны улахан киһи буолла, кини кэрэтин, кыраһыабайын бу кыһыл көмүс ытарҕа уонна кулон тупсаран, ситэрэн-хоторон биэриэхтэрэ диэн эрэнэбит, – диэн баран Христина Григорьевна Лилияҕа дьоҕус бархат хоруопканы туттаран кэбистэ.
Лилия омуннаахтык үөрэн-көтөн хоруопканы аһа баттаабыта… рубин таастаах ытарҕа, сүрэх быһыы-тынан оҥоһуллубут кулон килэбэчиһэ сыталлар!
– Баһыыбаларыҥ, универмагтар, – Лилия атыы-һыт дьахталлар олорор сирдэрин диэки туһаайан илиитинэн далбаатаата. «Көмүһүм элбээтэ ээ. Үнүр ийэтэ эмиэ уруккуттан аныы сылдьыбыт хас да суол киэргэллэрин бэлэхтээбитэ. Кулгааҕы үүттэтэ охсуохха наада». Лилия улам-улам бу остуолга буола турар кэп-сэтииттэн хайдах эрэ сылайан наар атыны саныыр буолан барда. Барытын этэн-тыынан бүттүлэр, өрүсү-һэ-өрүсүһэ ону-маны атыны кэпсэтэллэр. Сэбиэт, оннооҕор партком холуочуйа быһыытыйдылар. Лилия саҥата суох ойон туран дьиэҕэ киирдэ. Кылааһын кыргыттара, дьүөгэлэрэ тугу гыналлара буолла? Саатар аҕыйах кыыһы ыҥыртаары гыммытын ийэтэ буолум-матаҕа, «сэлиэнньэҕэ тыл-өс тарҕаныа» диэн бобон кэбиспитэ.
Саамай бодоруһар Зинатыгар эрийэргэ сананна. Туруупканы аҕата Павел Николаевич ылла.
– Павел Николаевич, Зинаны ыҥырыаххыт дуо?
– Лилькаҕын дуо? Хайа эн тоҕо олороҕун, кыыһыҥ суола сойбута. Уолаттар кэлэн илдьэ барбыттара, походтуу барабыт диэбиттэрэ дии.
– Походтуу?! – Лилия соһуйан олоро түһэ сыста.
– Эн бараргытын билбэтэҕиҥ дуо? Зина сарсыар-даттан алаадьылаан турбута дии.
– Ээ, билэбин-билэбин. Чэ, бакаа, – Лилия кы-һыытыттан-абатыттан сирэйэ кубарыс гынна.
Даа, собус-соруйан хаалларан барбыттар. Бүгүн да буолбакка, сарсын походтуохха эмиэ сөбө. Староста Лида собус-соруйан, санаатыгар Владиктан көҥөнөн биллэрбэтэх. Зина дьүөгэ да буолаахтаан, эппэккэ эрэ барсан хаалбыт. Телефоннуу сатаабыта буолуо да, дьоно «утуйа сытар» диэн биэрбэтэхтэрэ чуолкай. Бэҕэһээ шампанскайга үмүөрүһэллэрин саҕана албыннаһан дьикти этилэр. Чэ, сөп, куорат кыыһа буолан кэлэн кыһын иэстэһиэм! Сорох-сорохторгутун кытта дороо-болоһорум да саарбах. Хотон сытынан аҥылыйан көрсүөххүт буоллаҕа! Лилия дьиҥинэн ис-иһиттэн кыһыйан-абаран, хараҕын уута халыс гыммытын өйдөөбөккө да хаалла. Ол эрээри бэйэтин илиитигэр ылан, туох да буолбатаҕын курдук туттан-хаптан, таһырдьа ыалдьыттарыгар төнүннэ. Дьоно кинини эрэ умнубуттар быһыылаах, партком аан дойду полити-катыгар тугу эрэ куолулуурун истэ ахан олороллор. Сорохтор дьиэлээбиттэр, биллэрдик аҕыйаабыттар.
Лилия убайдарыгар Антоҥҥа, Никитаҕа чугаһаата. Уолаттар тугу эрэ омуннаахтык кэпсэтэ олорон балтыларын диэки хайыһа түстүлэр.
– Хайа, Лилька, санааҥ тоҕо түстэ, – улахан убайа Антон балтын диэки тургутардыы көрөн ылла.
– Тоҕо инньэ дии санаатыҥ, Антоша, наһаа үчүгэй настарыанньалаахпын, – Лилия убайа өтө көрө охсорун сөҕө саныы-саныы мэлдьэһэ сатаата.
– Ким билэр, мин көрдөхпүнэ наар атыны саныы-гын, мантан ыраах бааргын. Биһиги эмиэ күрүөхпүтүн саныы олоробут. Бу киһи «Кырдалга» кыыска бара сатыыр, – Антон быраатын Никита диэки төбөтүнэн иҥнэх гынна.
– Ээ, сымыйата, – Никита кэтэҕин тарбанан ылла.
– Уолаттар, ханна эрэ барабыт дуо? Хатааһылыы. Никитка, мотоцикл оҥоһуллубута дии? Танцылыы барыаҕыҥ, Күрүөлээххэ! Кинилэргэ нэдиэлэ ортотугар буолар, мин билэбин! – Лилия бэйэтин былааныттан омуннурда, устудьуон убайдарыгар атаахтаан көрдө-һүүтүн хайаан да толотторор санааны ылынна. Кылааһын оҕолоро киниэхэ эппэккэ эрэ походка барбыттарын кэпсиэн баҕарбата.
– Маамаҥ эйигин көҥүллүүр дуо, Күрүөлээххэ буола-буола, – «Кырдал» фермаҕа бараары олорор Ни-кита былаана тохтон эрэриттэн хомойдо быһыылаах.
– Ыйытыллыбат даҕаны, истибэтигит дуо, балты-гыт аны улахан киһи! Чэ, чэ, Антоша, Никитка, ба-рыаҕы-ыҥ, – Лилия убайдара киниэхэ аккаастаа-баттарын билэр.
– Чэ, баран таҥын. Түүн сөрүүн, кумаардаах да буолуо, – Никита туран, сиэбиттэн гараһын күлүүһүн хостоон барда.
– Ур-раа, наһаа да үчүгэй убайдардаахпын! – Лилия дьиэтин диэки сүүрдэ. Хоһугар киирэн таҥнан барда.
Кинилэр да илдьибэтэхтэрин иһин, убайдарбын кытта биир сырыыны сылдьар инибин! Биһиги, Уна-ровтар, сибилигин Күрүөлээх кулуубун ылан кэбиһиэх-пит. Убайдара Никиталаах Антон мэлдьи даҕаны «по-пулярнай» уолаттар. Армияҕа сулууспалаан кэлэн баран хаамыталаан кэбиспиттэригэр кыргыттар таптаан муҥ-наммыттара ахан. Билигин устудьуоннар, Антон СГУ физико-математическай факультетын иккис курсун бүтэрдэ, Никита Свердловскайга юридическай факуль-текка үөрэнэр. Бастакы сылын бүтэрэн, иккис курска таҕыста. Көр, уонна итиччэ улахан куоракка үөрэнэ сылдьан, ферматтан быга илик ханнык эрэ ыанньыксыт кыыска бара сатыыр. Төбөтүттэн түспэт, санаатыттан арахпат маҥнайгы таптала үһү.
Лилия таҥнан-саптан тахсыбыта убайдара мото-циклларын тиэргэн тас өттүгэр таһааран эрэллэр. Биллэн турар, ийэлэрэ билэ-көрө охсубут. «Сэрэнэн сылдьаарыҥ эрэ», – дии-дии уолаттарын тула көтөр.
– Мин коляскаҕа олорбоппун, Антошка олор, – Лилия кинини мотоцикл коляскатыгар олордоору тэринэллэрин көрөн аккаастана турда.
– Суол наһаа куһаҕан ардах кэнниттэн. Сахсыллан иэдэйиэҥ, – Никита балтын сэрэтэ сатаата.
– Чэ, чэ, олордун кэннигэр. Бэйэтэ кэһэйиэ, – Антон коляскаҕа олорунан кэбистэ.
Уолаттар өр гыныахтара баара дуо, отучча мүнүү-тэнэн Күрүөлээх кулуубун иннигэр баар буоллулар. Үҥкүү үгэннээбит. Таһырдьа тахсан сөрүүкүү, табах-тыы турааччылар эмиэ бааллар. Антоннаах Никита билэр уолаттарын көрсөн уруйдаһыы-айхаллаһыы бөҕө буоллулар. Аан аттыгар тугу эрэ күлсэ-күлсэ кэпсэтэ турбут кыргыттар чуумпуран Сардаҥа уолаттарын батыһыннара көрө турдулар. «Били, били Сардаҥалар үҥкүүһүттэрэ Лилия Унарова диэн кыыс дии», – диэн биир кыыс сибигинэйбитин Лилия кулуупка киирэн иһэн иһиттэ. Түргэн үҥкүү буола турар эбит. Элбэх ыччат «эркини өйөөн» тураллар. Унаровтар киирбит-тэрин бары бэлиэтии көрдүлэр. Уолаттар манна чугас табаарыстара элбэх буолан эрэллээхтик тутталлар. Лилия кыргыттартан кими да билэ охсубата, онон убайдарын кытта турда. Сотору, кыргыттар сайаапка-ларынан быһыылаах, «объявляется белый танец» диэн буолла. «Белый танец» ырыаны холбуу оҕустулар. Ол икки ардыгар Лилия убайдарын кыргыттар эр-биир илдьэ баран хааллылар. Лилия онон «эркиҥҥэ сыс-тыбыттар» кэккэлэрин хаҥатарга тиийдэ, уолаттары бэйэтэ ыҥыран бэрт. Кыргыттар ыҥырыыларынан үҥкүүлүү сылдьар хас да уол кинини бэркэ интэриэ-һиргээбиттии көрбүттэрин-истибиттэрин биллэ. Үгэ-һинэн төбөтүн өссө кынтаччы тутунна, хойуу кыла-маннарынан сапсынан үөһэ-аллара көрбөхтөөн ылла. Үҥкүү салҕанна, биир да бытаан үҥкүүгэ турбатылар. Убайдара да сытыылара сүр, эгэ, Лилияны уолаттар таах туруоруохтара дуо.
– Дьиэбитигэр барыаҕыҥ, – Никиталара чаһытын көрүн да көрүн буолла.
– Бу уол ончу тэһийбэт, «кырдал, кырдал кыыһа, кылбардыырым сыыһа» диир. Онтубут утуйдаҕа дии, сарсыардааҥҥы ыамҥа турара чугаһаатаҕа, – Антон быраатын дьээбэлиир.
– Айыкка, барыаҕыҥ даҕаны. Күрүөлээх уолаттара наһаа эрийсиик эбиттэр. Сылаттылар, – Лилия эмиэ төннөр санаалааҕын биллэрдэ.
Лилия бииргэ үөрэммит кылааһын оҕолоругар кыыһырбыта ааспат. Кыргыттар телефоннаатахтарына «Лилия дьиэтигэр суох» дэтэр. Зина, буруйданан быһыылаах, кэлэ сылдьыбат. Сураҕа, фермаларынан тарҕаһан эрэллэр үһү. Сотору совхоз комсомольскай тэрилтэтин секретара Андрей Лилияҕа да телефоннуур буолуохтаах. Онон түргэнник тэринэн куораттыы ох-суон наада. Бу күннэргэ направлениетын оройуон кииниттэн аҕалыахтаахтар үһү. Райкомол үлэһитэ кыыс кэлиэҕэ, «путевка булбутун иһин кырса саҕалаах сон талан ылыахтаах» диэн ийэтэ эппиттээх.
Лилия бүгүн универмакка бара сылдьыахтаах. Та-баар кэлбит, уочаракка таһааран атыылыы иликтэринэ икки-үс суол сайыҥҥы таҥаһы ылыныахтаах. От үлэтэ саҕаланан эрэр буолан, сэлиэнньэҕэ киһи аҕыйаан, уу чуумпу буолан эрэр. Лилия дьиэтигэр эмиэ тэһийбэт буолла. Убайа Антон Дьокуускайга барбыта. Тутар этэрээккэ ханнык эрэ оройуоҥҥа үлэлии барыахтаах. Никита сыл аайы сүөһү көрдөрөр аймахтарыгар оттоһо барбыта. Таҥас-сап бэлэмнэнэн, айаҥҥа тэриммит киһи диэн сырыттаҕына, телефон өрө тырылыы түстэ.
– Лилька, быыһаа-абыраа. Араҥастаахха улахан күүлэй буолар. От охсуутугар хас да отделение киир-сэр. Агит-биригээдэтэ тэрийэн тахсан концертааҥ диэн буолла. Баһаалыста, барыс, үҥкүүбүт ончу суох, – кулууп директора Алла Афанасьевна ыксаабыт куола-һынан кутан-симэн кэбистэ.
– Хаһан бараҕытый? – Лилия, сүрэҕэлдьии санаан аккаастыан баҕарталаата эрээри, эмиэ да баччааҥҥа диэри алтыһан кэлбит кулууптарын хомотуон баҕар-бата. Ис-иһиттэн илгистэн, этин-сиинин хамсатан үҥкүүлүөн баҕарбыта да ыраатта, хонууга киэҥ сиргэ дэлэ үчүгэй буолуо дуо?!
– Сарсын уон чаастан араҕабыт. Концерпыт уон иккиттэн. Уой, баһыыба, Лилька! – Алла Афанасьевна бэркэ үөрбүт саҥата иһилиннэ.
О проекте
О подписке