Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылаахтарыгар – абаҕаларбар Аргунов Иннокентий Ивановичка,
Аргунов Петр Ивановичка уонна аҕабар Макеев Николай Власьевичка аныыбын
Тыа саҕатыгар сэлэлии үүммүт хатыҥнар лабаалара онон-манан саһарбыта ыраахтан ала-чуо сырдаан көстөр буолбуттар. Бүөтүр ону көрө-көрө, сайын наһаа түргэнник ааһан эрэр ээ, дии санаата. Хайыай, күн-дьыл да ыраатта. Бүгүн атырдьах ыйын 12 күнэ үүннэ. Сэрии буолбута номнуо иккис ыйыгар баран эрэр. Ньиэмэстэр бэрт киэҥ сиринэн тайаан дойду киинин – Москва, Ленинград диэки дьулуһалларын туһунан суостаах иһитиннэриилэр хаһыакка тахсаллар, нэһилиэк сэбиэтигэр сотору-сотору кэлэллэр. Бүгүн Уус Алдан оройуонун II Байаҕантай нэһилиэгин дьоно ол ыраах ньиргийэр сэриигэ бастакы ыҥырыыга хабыллыбыт уон аҕыс киһини атаардылар. «Пятилетка», «Бөлөхтөһүү», «Тыраҕатталаах» холкуостартан Нуучча алааһыгар түмүллэн баран, бу айаннаан иһэллэр. Төһө да үлэ-хамнас үгэнэ буоллар сэриигэ барааччылары атаара холкуос аайыттан балачча киһи мустубут этэ. Атаарааччылар үгүстэрэ хайдах эрэ дөйөн, талбааран хаалбыт курдуктара. Кистии-саба ытаһааччылар да бааллара.
Бүөтүр убайынаан Лэгэнтэйдиин биир күн бэбиэскэ туппуттара. Баттахтан ийэлэрэ Мааппа кыра кыыһа Араппыаһы уонна эдьиийдэрэ Алааппыйаны кытары атаарса кэлбиттэрэ. Ийэлэрин иккис кэргэнэ Былаас бэйэтин аннынан суруттарбыт кыра уолун Куоланы кытары, ыраах алааска оттуу сылдьар буоланнар, кыайан кэлбэтэхтэрэ. Атаарааччылар үгүстэрэ сэриигэ барааччылары батыһан Табы сыырыгар диэри кэлсибиттэрэ. Бүөтүр алаас ортотугар тиийэн иһэн эргиллэн көрбүтэ дьахталлар уонна оҕолор халдьаайыга арҕам-тарҕам туран былааттарынан далбаатыы хаалбыттара. Сотору отучча аттаах киһи барыта тыаҕа киирэн көстүбэт буолбуттара.
Убайа Лэгэнтэй дьон-сэргэ судургутук Бүөтүкэ уола Боотуон диэн ааттыыр, оттон сурулларынан Егоров Николай Петрович дэнэр киһилиин тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ сэргэстэһэ хаамтаран иһэллэрэ. Боотуон ата кэккэлэһэ иһэр акка боотурҕаан, кулгааҕын ньылата-ньылата ытыраары гынарын иһин тэһиинин илгиэлээмэхтээн ылара. Бүөтүкэ оҕолоро бары да ыраастык туттар, уһун сула дьоннор. Боотуон эмиэ мэлдьи ып-ыраас таҥастаах, хайдах эрэ бэйэтигэр сөбө суох уһун илиилээх-атахтаах киһи. Холкуоһугар биригэдьиирдиир этэ. Бүөтүр кини кыыһырбытын хаһан да көрө илик. Хата, саҥарарыгар өрүү мичээрдээн кэбиһэр идэлээх. Билигин даҕаны мүчүйэн ылар быһыылаах. Дьоно Тиилийэ диэн алаас соҕуруу өттүгэр кыстыыллар, Туора үрэххэ киирэн сайылыыллар. Онтон үлэ быыһыгар Нуучча алааһыгар кэлэн элбэхтэ оонньообут-көрүлээбит, тустан, сырсан да көрбүт киһитэ буолан балачча билсэр уола.
Кинилэр иннилэригэр Готовцев Афанасий Софронович-Хоҥкучах көхсө көстөр. Быйыл сааскыттан холкуос бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан үлэлээн испитэ. Аҕыйах хонуктааҕыта Үөһээ үрэххэ олохтоох Сэмэн оҕонньор кыыһын Мотуруонаны кэргэн ылан баран, бу сэриигэ баран эрдэҕэ. Охонооһой оччо элэккэйэ да суох буоллар сүрдээх судургу киһи. Убайынаан Михаил Софроновичтыын-Сиэдэрэйдиин дьүһүннээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө дьоннор. Сиэдэрэй билигин хайа эрэ нэһилиэккэ учууталлыыр буолуохтаах, эмиэ сэриигэ ыҥырыллыбыта дуу.
Саамай инники Заболоцкай Гаврил Михайлович, Тохтотойго олорор Чөнөкө уола Мэхээлэ диэн киһи кыра уола, хаамтаран иһэр. Национальнай байыаннай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан доруобуйатынан сыыллан дойдутугар тахсыбыта. Билигин бу уон аҕыс киһини баһылыыр-көһүлүүр, хамаандалыыр киһи быһыытынан инники айаннаан иһэр. Сотору-сотору көнтөһүнэн атын самыыга охсон тиэтэтэн биэрэр уонна кэннин хайыһан дьоно хайдах иһэллэрин көрөн ылбахтыыр.
Бүөтүр кэнниттэн Заболоцкай Константин Алексеевич-Сонтой хаамтаран иһэр. Кини «Тыраҕатталаах» холкуос киһитэ. Туруйалаах соҕуруу өттүгэр олохтоох. Бүөтүртэн балачча аҕа, саастаах киһи. Нэһилиэк сэбиэтигэр кэлэ сылдьарынан эрэ билэр, оччо эн-мин дэспэтэх киһитэ. Кини кэнниттэн Ааныска быраата Заболоцкай Иван Петрович-Хоонох Уйбаан ата сыҥааҕын Сонтой атын самыытыгар ууран ыла-ыла хааман дьигиһитэн иһэр. Ол ахсын Сонтой ата кулгааҕын ньылах гыннара-гыннара илгистимэхтээн ылар. Хоонох Уйбаан аҕыйах саҥалаах, кыра уҥуохтаах эрээри хоп курдук быһыылаах-таһаалаах киһи. Сэттэ кылаас үөрэхтээх буолан холкуоска суоччуттаабыта хас да сыл буолла. Тоҕо эрэ кэргэн ылбакка сылдьар. Биирдэ эмэтэ дьон дьээбэлэнэн хаһан ойох ылаҕын диэтэхтэринэ быһаарыыта суох: «Ээ, бэйэм», – диэн кэбиһээччи.
Аттаахтар Уһун Күөлтэн чараас тыаны быһа түһэн Суотту үрэҕэр киирбиттэрэ. Үрэххэ киирэн иһэн Колодезников Петр Петрович-Чуппууска уола Бүөтүкэ иҥэһэтигэр туран ыла-ыла илин диэки көрбөхтөөн ылыталаабыта. Кинилэр сайылыктара мантан чугас. Санаатыгар туох эмэ көстөөрөй диир быһыылаах.
Аттаахтар дулҕанан саба үүммүт от үрэххэ киирээт арҕаа диэки салаллыбыттара. Бу үрэх Суотту диэн ааттаммыта туспа кэпсээн. Былыр кыргыс үйэтин саҕана суоттулар бу үрэҕи батан кэлэн байаҕантайдары сэриилээбиттэрэ үһү. Онтон ыла аат иҥэн хаалбыт. Билигин Бүөтүрдээх сайылыыр Баттах диэн сирдэригэр тиийэн, сэттэ саастаах Кулан диэн уолу батыйанан иһин дьөлө аспыттарыгар иһин үтүлүгүнэн бүөлэнэн баран куоппута үһү. Танда үрэҕи үрдүнэн ойон уҥуоргу киэҥ толооҥҥо тахсан сүүрэн эрэр оҕону атынан эккирэтэн сиппэтэхтэр. Уоллара үрэх үрдүк мыраанын сирэйинэн өрө сүүрэн тахсан куотан хаалбыт. Онтон ыла ити мырааны Кулан хайата диэн ааттаабыттар. Ол иһэн мыраан кэтэҕинээҕи үрүйэҕэ иһин бүөлэммит үтүлүгэ түһэн хаалбыт. Онтон ыла ити үрүйэ күн бүгүнүгэр диэри Үтүлүктээх үрүйэтэ диэн ааттанан турар. Суотту үрэҕэр Батыйа Сурда диэн ааттанар сир эмиэ баар. Онно суоттулар Бөҕө Бэлэс диэн ааттаах киһи суоһурҕанан хаһыытаабытыттан-ыһыытаабытыттан куттанан төннөн иһэн, биир батыйаны хаалларан кэбиспиттэрэ үһү дииллэрэ. Дьиҥэр ол Бөҕө Бэлэстэрэ уончалаах эрэ уол саҕа, туох да күүһэ-уоҕа суох, арай, сүрдээх улахан саҥалаах киһи эбитэ үһү.
Аттаахтар суһал соҕустук айаннаан Суотту үрэҕин баһыгар тиийбиттэрэ. Онтон Холлоҕостоох үрэҕэр түһэр Атырдьах Сэргэ диэн үрүйэҕэ киириилэригэр күн ортото буола охсубута. Бу үрүйэ аатыгар сыһыаннаах эмиэ биир үһүйээн баар. Былыр кыргыс үйэтин саҕана икки ини-бии дьон иирсэн баран, аны хаһан да көрсүһүө суох буоланнар андаҕайаннар бу үрүйэҕэ икки салаалаах сэргэни туруорбуттара үһү. Үрүйэ саҕатыгар ол сэргэлэрэ билигин даҕаны иҥнэри соҕус түһэн турар. Мантан ыла кинилэр нэһилиэктэрин сирэ бүтэр.
Чөнөкө уола Мэхээлэ кубарыйа хаппыт сэргэ туһугар тиийэн атыттан ыстанан түспүтэ уонна:
– Манна чэйдээн барыаҕыҥ, – диэбитигэр бары аттарыттан түһэн тыа саҕатыгар баайталаан кэбиспиттэрэ. Сотору соҕус кутаа буруота унааран тахсан тииттэр бастарынан халыйбыта. Чэйдэрэ оргуйан элбэх кэпсэтиитэ-күүгээнэ суох өйүөлэрин таһааран төгүрүччү олорон аһаабытынан барбыттара. Аһаан бүтэн ким табахтыы, ким көннөрү тиэрэ түһэн сынньана, атыттар ботуоҥкаларыгар баар аҕыйах сээкэйдэрин бэринэ сырыттахтарына Калининскай Семен Гаврильевич-Абыйааскы уола сэргэҕэ тиийэн, этэрбэһин оһуттан быһаҕын ылан аатын оҥо быһан суруйбута. Ону көрөн атыттар бары күө-дьаа буолан эмиэ ааттарын суруйталаабыттара. Ити курдук нэһилиэктэрин сирин-уотун арҕаа баһыгар баар атырдьах маһы санатар дьикти сэргэ таһыгар балачча өр тохтуу түһэн баран, ханна-ханна тиэрдэрэ биллибэт айаннарыгар туруммуттара. Бүөтүр үрүйэ тоҕойугар тиийэн иһэн кэннин хайыһан көрбүтэ атырдьах сэргэ былыр хаһан эрэ ини-биилэр атырдьах салаатыныы арахсыбыттарын туоһута, онтон билигин сэриигэ баран иһэр дьон төрөөбүт нэһилиэктэрин бүтэһик бэлиэтэ буолан иҥнэри түһэн тураахтыыра.
Киэһэ күн арҕаа саҕахха санньыйыыта II Байаҕантай нэһилиэгиттэн сэриигэ баран иһэр дьон Сиэллээх аартыгын өрө дибдитэн тахсыбыттарыгар иннилэригэр Мүрү эбэ киэҥ иэнэ унааран көстүбүтэ.
Сарсыҥҥытыгар хоммут ыалларыттан дойдуларыттан ат төннөрөөччүнэн киирбит оҕонньору уонна саҥа чороччу улаатан эрэр уолаттары, биир-икки атаарсааччыны кытары райком дьиэтин таһыгар тиийбиттэрэ киһи бөҕө үллэҥнэс этэ. Тэлиэгэҕэ көлүллүбүт сүүрбэччэ ат уулусса кытыытыгар бааллан тураллара. Кинилэр нэһилиэктэрин холкуостарыттан биирдии аты сиэтэн аҕалбыттарын армияҕа барааччылары дьаһайар дьон эмиэ ол аттары кытары баайталаан кэбиспиттэрэ. Илин, арҕаа диэкиттэн кэлитэлиир бөлөх-бөлөх дьону, испииһэгинэн бэрэбиэркэлии-бэрэбиэркэлии, биир сиргэ түмэллэр эбит этэ. Бүөтүр сэбиэт сэкирэтээринэн, үп ааҕынынан үлэлии сылдьан оройуоҥҥа мунньахтарга киирэ сылдьан билсибит хас да киһитин көрсүбүтэ. Күнү быһа итинник аамыллаһан взводтарга, отделениеларга арааран баран, барааччылары барыларын бу түүн оскуола дьиэтигэр хоноҕут, сарсын сатыы Аллараа Бэстээххэ бараҕыт диэн биллэрбиттэрэ.
Мальтаҕа
Хаанымсах фашистартан Ийэ дойдуларын көмүскүү аттаммыт II Байаҕантай нэһилиэгин уолаттара дойдуларыттан туруммуттара ый аҥаарыттан ордон баран, Иркутскай уобалас Мальта диэн тимир суол станциятыгар тиийбиттэрэ. Кэлээттэрин кытары баанньыкка сырытыннарбыттара, байыаннай таҥас кэтэрдибиттэрэ. Бу иннинэ ынах этэрбэһинэн сылдьыбыт дьон куһаат кур курдук субуллубут, бачыыҥка үрдүнэн саппыкы оһун солбуйан сотоҕо эриллэр «обмотка» диэн таҥаһы сатаан эриммэккэ эрэй бөҕө буолбута. Сорохтор хааман истэхтэринэ обмоткалара субуллан хаалан хамандыырдартан мөҕүллүү-этиллии да баара. Сарсыҥҥытыгар сири хаһан землянка оҥостуутугар туруммуттара. Отчут-масчыт саха уолаттара хара үлэҕэ баҕас сирдэрбэтэхтэрэ. Сотору бэйэлэрэ олоруохтаах землянкаларын тутан, үрүт үрдүгэр иккилии наара оронноон бүтэрбиттэрэ. Үлэлииллэригэр нууччалыы билбэттэрэ улаханнык мэһэйдээбитэ. Онтукалара байыаннай үөрэххэ ордук эрэйдээбитэ. Командирдара туох диирин өйдөөбөккө түҥ-таҥ хамсаныы элбэх этэ. Күнү быһа хаамарга, ыстыыгынан киирсэргэ, сыылларга, бинтиэпкэнэн ытарга, гранатанан быраҕарга үөрэтэллэрэ. Ону таһынан сотору-сотору атаакаҕа киллэрэн сүүрүү-көтүү бөҕө буолбута. Аҕыйах хонугунан бары да сэниэлэрэ-сылбалара эстибитэ. Астара быстар мөлтөх буолан иэдэппитэ. Күнүһүн уу судураан хаппыыста миинин иһэрдэллэрэ, биирдии быһыы хара килиэп биэрэллэрэ.
Бүөтүр убайынаан атын-атын роталарга түбэспиттэрэ. Лэгэнтэй уон алтатын туолаат көмүстээх Алдаҥҥа, Томмокко, тиийэн үлэлээбит, нууччаны-саханы кытары алтыспыт, сытыы-хотуу буолан манна да дьонтон итэҕэһэ суох сылдьара. Бүөтүр кэм түөрт кылаас үөрэхтээх, сэбиэт сэкирэтээринэн эҥин үлэлээбит киһи быһыытынан нууччалыы саҥаны син өйдүүрэ. Онтон алаастарыттан арахпатах, үрэхтэриттэн тэйбэтэх дьон улахан эрэйи көрсүбүтэ.
Биир түүн ардах курулаччы кута турдаҕына, Лэгэнтэй тимир суол станциятын тас өттүгэр харабылга сылдьан, хараҥаҕа барыйан турар бараак дьиэ түннүгэр уот кыламныырын көрөн иттэ түһэргэ санаммыта. Ааны тоҥсуйбутугар эдэр дьахтар арыйбыта. Уу чоккурас буолбут саллааты аһына көрдө быһыылааҕа. Дьиэҕэ ыҥыран киллэрэн итии чэй кутан биэрбитэ, кэпсэтэ түспүттэрэ. Лэгэнтэй сылаас дьиэҕэ төһө да олоро түһүөн баҕардар, аны хамандыырым түбэһэ кэлиэ диэн дьаарханан, эмиэ таһырдьа тахсарыгар тиийбитэ. Тахсарыгар дьахтар аатым Екатерина диэн диэбитэ, киирэ сылдьарыгар ыҥырбыта. Кэлин быыс булан хаста да Екатеринаҕа киирэн тахсыбыта.
Балаҕан ыйын бүтүүтэ, Лэгэнтэйдээх роталарын икки нэдиэлэттэн эрэ ордук үөрэтээт, арҕаа атаарбыттара. Биир дойдулаахтара кинилэри тимир суол станциятыгар тиийэн атаарбыттара. Бүөтүр убайын таһыгар турдаҕына:
– Кеша! Кеша, ты где? – дии-дии биир нуучча дьахтара саллааттары силэйэн дьулуруйан кэлэн Лэгэнтэй таһыгар кэлэн тохтуу түспүтэ. Онтон өрбөххө сууламмыт тугу эрэ туттараат:
– Ну, дорогой, наверно больше не встретимся. Берегите себя, – диэн баран, кууһан ылан уураат, төттөрү дьулуруйбута. Уолаттар маҥнай соһуйан хаалан саҥата суох турбахтаабыттара. Онтон ким эрэ:
– Оо, Лэгэнтэй, ол иһин хайаан таах сылдьыай. Обургу манна да кэлэн дьахтардана охсубут, – диэн саҥа аллайбытыгар, киһилэрэ дьахтар аймахха сытыытын билэр буоланнар, бары күлсэн ньиргиһэ түспүттэрэ. Лэгэнтэй кыбыстан мух-мах барыах курдук буолан иһэн дьонун өйдөөн көрбүтэ – баттахтара кырыллан, ыйтан эрэ ордук кэмҥэ ыран-дьүдьэйэн, иэдэстэрин уҥуоҕа лоппоруһан, кулгаахтара даллаһан хаалбыт курдук этилэр. Онно эрэ бу бииргэ үөскээбит дьонун сорохторун арааһа бүтэһигин көрөбүн быһыылаах диэн санаа сытыытык тэһэ кэйбитэ. Ол кэмҥэ вагоннарга олорор хамаанда бэриллибитэ. Сотору паровоз үрүҥ паарынан уһуурбахтаан ылан баран, дьүккүс гыммытыгар вагоннар холбоһуктара лүһүгүрэһэ түспүттэрэ уонна оргууй устубутунан барбыттара.
Киэһэ Бүөтүр землянкатын таһыгар үүнэн турар бэскэ өйөнөн туран арҕаа барбыт убайын, биир дойдулаахтарын сайыһан кистээн ытаабыта. Мальтаҕа кинилэр нэһилиэктэриттэн бэрт аҕыйах киһи хаалбыта. Олортон Заболоцкай Иван Петрович-Хоонох Уйбаан ыалдьан санчааска сытара. Лэгэнтэйдээх арҕаа аттаммыттара аҕыйах хоммутун кэннэ Хоонох Уйбаан өлбүтүн туһунан истибиттэрэ. Уҥуоҕун тутуһууга биир дойдулаахтарыттан Күммүгэ олохтоох Былдьыгырас уола – Турантаев Пантелеймон Иванович сылдьыспыта. Ол күн үгэ-хоһоон тыллаах Пантелеймон саҥатыттан матан, туох эрэ ыар санааҕа баттаппыттыы соҥуоран сылдьыбыта. Дойдуларыттан бииргэ кэлбит киһилэрэ өлөн бары даҕаны уку-сакы буолбуттара.
О проекте
О подписке